«Хамнас үлэһиттэри ууратыы суотугар үрдүүр. Ол хаачыстыбаны тупсарбат» («Саха сирэ» хаьыат, №19 (5759), 24.02.2015)
Биир сыл анараа өттүгэр Олимпиада уота умайбыт Сочи куоратыгар Россия тутулуга суох профсоюзтарын федерациятын IХ съеһэ ыытылынна. Съезкэ Саха сириттэн 5 киһилээх делегация кытынна. Улахан тэрээһин ыытыллыбыт да кэмэ түбэспиччэ буолбата. Быйыл Россияҕа профсоюзтар үлэлээбиттэрэ 110 сыла итиэннэ Россия тутулуга суох профсоюзтарын федерацията тэриллибитэ 25 сыла буолаллар.
Бу күннэргэ Саха сирин профсоюзтарын федерациятын бэрэссэдээтэлэ, съезд делегата Николай Дегтярев съезд үлэтин, ханнык боппуруостар көтөҕүллүбүттэрин туһунан суруналыыстарга иһитиннэрдэ.
«Охсуһуохха уонна кыайыахха» девиһинэн ыытыллыбыт улахан тэрээһиҥҥэ судаарыстыбаннай былаас уорганнарын бэрэстэбиитэллэрэ, 27 дойдуттан профсоюз лидердэрэ уо.д.а. кытыннылар. Сүрүн иһитиннэриилэри дойду президенэ Владимир Путин, Россия профсоюзтарын федерациятын бэрэссэдээтэлэ Михаил Шмаков оҥордулар. М.Шмаков дойду экономикаҕа балаһыанньатын билиһиннэрдэ, бырабыыталыстыба үпкэ хайысхатын аһаҕастык кириитикэлээтэ. Кэнники 15 сылга, 1990 сыллары кытары тэҥнээтэххэ, хамнас кээмэйэ биллэ улааппыта. Бюджет үлэһиттэрин хамнастарыгар балаһыанньа уустук. Биир өттүттэн көрдөххө, ол эбэтэр уопсай сыыппараларга сигэннэххэ, хамнас үрдээбит курдук көстөр. Атын өттүнэн ыллахха, үгүс регионнарга хамнас үрдээһинэ үлэһиттэри ууратыы эбэтэр үлэ төлөбүрүн фондатын кэмчилээһин суотугар оҥоһулунна. Ити үлэ хаачыстыбатын үрдэппэт.
Дойду аҕа баһылыга Владимир Путин профсоюзтар үлэлэрин үрдүктүк сыаналаата уонна кириисиһи утары охсуһууга профсоюзтар оруоллара үрдүөҕэр, ыарахан балаһыанньа үлэһит дьон көмөтүнэн кыалларыгар эрэлин биллэрдэ. Судаарыстыба, үлэни биэрээччи уонна үлэһит икки ардыларыгар түһэрсиллэр үс өрүттээх Сөбүлэһии аптарыата кэнники сылларга биллэ үрдээтэ. «Федеральнай таһымҥа ылыллыбыт бииргэ үлэлээһин үчүгэй үөрүйэҕэ регионнарга барыларыгар тарҕаныан наада. Онуоха профсоюзтар дьаныардаах буолуохтаахтар. Судаарыстыба инникитин даҕаны профсоюзтар сүрүн үлэлэрин – Россия олохтоохторун үлэҕэ бырааптарын көмүскүүрүн өйүөхпүт. Билигин дойдуга сатыылаабыт уустук соҕус кэмҥэ биһиги экономикабыт, үс өрүттээх хамыыһыйалар уонна бастакы сүһүөх профсоюзнай тэрилтэлэр үлэлэрэ ордук суолталаах», – диэн бэлиэтээтэ.
Уһук Хотугу сир оройуоннарын үлэһиттэрин көҕүлүүр миэрэлэр тустарынан кэпсэтии эмиэ буолла. Үлэлиир биэнсийэлээхтэр биэнсийэлэрин кээмэйин кыччатар туһунан санаа кэнники сылларга элбэхтик этиллэр. РФ үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга миниистирэ Максим Топилин бу боппуруоһу эмиэ таарыйда. Ол гынан баран, съезд делегаттара кини этиитин утарсан, боппуруос боротокуолга да киллэриллибэтэ.
Саха сирин делегацията съезд резолюциятыгар кэккэ этиилэри киллэрдэ. Съезд делегата, Чурапчы улууһун ветеринарияҕа управлениетын бастакы сүһүөх профсоюзнай тэрилтэтин бэрэссэдээтэлэ Августа Давыдова ветеринария сулууспатын үлэһиттэригэр санаторийдарга, курортарга сынньаналларыгар чэпчэтиилэр көрүллүөхтээхтэрин туруоруста. «Ветеринария үлэһиттэрэ бюджет үлэһиттэригэр киирсибиппит да иһин, судаарыстыба социальнай тосхоллоругар кыайан хапсыбаппыт, чэпчэтиилээх көрүҥүнэн олорор дьиэ ылар кыахпыт суох», – диэн туран, тыа сирин социальнай сайдыытын туһунан федеральнай тус сыаллаах тосхолго уларытыылары киллэрэргэ эттэ.
Николай Дегтярев съезд кэнниттэн үөскээбит санааларын үллэһиннэ. Медицинскэй өҥөлөр хаачыстыбаларыгар уопсастыбаннай хонтуруол баар буолуоҕа. Төлөбүрдээх өҥөлөр өҥө көрүҥүттэн көрөн элбиэхтэрэ. Өрөспүүбүлүкэ санаторнай-курортнай тэрилтэлэрэ өйөбүллээх буолуохтара. Диспансеризация ахсааны сырсыбакка, дьиҥ чахчы хаачыстыбалаахтык ыытыллыаҕа. Быйыл Предпринимательство сыла биллэриллибитинэн, дьоҕус уонна орто бизнеһи кытары профсоюз тэрилтэлэрэ бииргэ үлэлиэхтэрэ.
Съезкэ көрүллүбүт боппуруостарынан резолюция ылылынна. Резолюцияҕа дьоһуннаах хамнас, көдьүүстээх социальнай бииргэ үлэлээһин, Уһук Хотугу сир үлэһиттэригэр судаарыстыба мэктиэтэ, профсоюз чилиэннэрэ социальнай көмүскэллээх буолуулара уо.д.а. боппуруостар киллэрилиннилэр.
Сардаана Кузьмина