Идэлээх сойуустар үлэ дьонун наҕараадалыыры туруорсаллар (27.11.2017 с., www.edersaas.ru)
Сэтинньи 24 күнүгэр Егор Борисов идэлээх сойуустар бэрэстэбиитэллэрин кытары көрүстэ. Бу күннэргэ өрөспүүбүлүкэҕэ Профсоюзнай үлэһит күнүгэр анаммыт декада буола турар.
Көрсүһүү саҕаланыытыгар Ил Дархан идэлээх сойуустар уопсастыбаҕа оруоллара улаханын, үлэ кэлэктииптэрин көмүскүүр оруоллаахтарын туһунан тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. “Аҥардас былаас уорганнара эрэ олоҕу тупсараллар диэн буолбатах, уопсастыбаннас хамсааһына наада”, — диэн кини эттэ.
Өрөспүүбүлүкэҕэ 200 тыһыынча кэриҥэ чилиэннээх 2960 идэлээх сойуус бастакы сүһүөх тэрилтэлэрэ үлэлииллэр. Кинилэр үлэһит дьон бырааптарын туруорсууга күннэтэ бэйэлэрин кылааттарын киллэрэллэр.
Егор Борисов бу ааһан эрэ сылга нолуокка сокуон уларыйан, бүддьүөккэ охсуулаах буолбутун бэлиэтээтэ. Ол да буоллар, социальнай эбэһээтэлистибэлэри толоруохпут диэн тоһоҕолоон эттэ. Олорор усулуобуйаны тупсарыыга уонна хамнаһы үрдэтиигэ, регионнааҕы экэниэмикэни сайыннарыыга эбии элбэх үп көрүлүннэ. Холобур, социальнай эйгэҕэ бүддьүөт 47%-на (81 млрд. солк.), олорор усулуобуйаны тупсарыыга 15% (26 млрд. солк.), олохтоох экэниэмикэни, чуолаан тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга бүддьүөт 10%-на, хамнаска 74,7 млрд. солк. тыырыллыбыт. 58 тыһыынча бүддьүөт үлэһиттэрин хамнастарын үрдэтиигэ эбии 8,9 млрд. солк. көрүллүбүт.
Социологическай чинчийии түмүгүнэн, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун 43%-ра сытыы кыһалҕанан дьарыктаах буолуу уонна үлэтэ суох хаалыы боппуруостарын ыйбыттар. Үлэлиир саастаах дьон ахсааныттан 7,2%-ра – үлэтэ суохтар. Ол да иһин, 2018 сыл Дьарыктаах буолууга көмөлөһүү сылынан биллэрилиннэ.
Профсойуустар федерацияларын бэрэссэдээтэлэ Николай Дегтярев идэлээх бырааһынньыктарын үлэ үөһүгэр көрсөллөрүн кэпсээтэ. Кини үлэ, социальнай эйгэҕэ үс өрүттээх сөбүлэһиигэ илии баттаһыы суолтатын чорботон бэлиэтээтэ. Манна аан бастаан идэлээх сойуустар бүддьүөтү оҥоруу, социальнай-экономическай сайдыыны торумнааһын курдук улахан суолталаах тэрээһиннэргэ үһүс өрүт быһыытынан, сүбэһит курдук кытталлара бигэргэммит. Аны судаарыстыбаннай былаас уорганнара былаанныыр докумуоннарын үс өрүттээх хамыыһыйа бигэргэппитин эрэ кэннэ ылынар буолуохтара. Үлэһиттэр кэлэктиип дуогабарын түһэрсэллэрэ элбээн иһэр эбит – 2007 сылга 165 тыһыынча киһини, 2016 сылга 213 тыһыынча киһини хаппыт, 2631 кэлэктиип дуогабара түһэрсиллибит. Онон тэрилтэлэр үлэһиттэрин 62%-ра итинник дуогабарынан хабыллыбыттар.
Николай Дегтярев куруорка сынньаныы боппуруоһугар санаторийдары, профилакторийдары өрөспүүбүлүкэ бас билиитигэр ылан, үлэһиттэри сынньатыыны тэрийэр туһунан боппуруоһу таарыйда. Үлэ дьонугар, оробуочайдарга судаарыстыбаннай наҕараадалары аныыры туруоруста. Ыччакка идэҕэ туһаайыы үлэтэ салгыы ыытылларын эрэннэрдэ. Уһук Хоту олохтоохторугар чэпчэтиилэр боппуруостарыгар федеральнай таһымҥа Галина Данчикова, Вячеслав Штыров үлэлэһэ сылдьаллар.
Бүддьүөт үлэһиттэрэ үрдээбит хамнастарын сэтинньи, ахсынньы ыйдарга толору ылыахтара диэн бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Алексей Дьячковскай эрэннэрдэ.
Идэлээх сойуустар федерациялара кыра кээмэйдээх уонна кэмбиэргэ угуллан бэриллэр хамнас, квалификациялаах каадырдар тиийбэт буолуулара, үлэ усулуобуйата мөлтөөһүнэ, о.д.а. кыһалҕалар баалларын ыйдылар.
Оттон идэлээх сойуустар бэрэстэбиитэллэрэ бэйэлэрин долгутар ыйытыыларын биэрдилэр.
Доруобуйа харыстабылын эйгэтигэр идэлээх сойуус бэрэссэдээтэлэ Людмила Корнилова алын уонна орто сүһүөх медиктэргэ хамнас акылаатын уонна бириэмийэлиир чааһын чопчу бигэргэтэргэ этии киллэрдэ. Сорох салайааччылар хамнас үрдүүрүгэр акылааты уонна бириэмийэлиир чааһы талбыттарынан хамсатан, барыстаах хаалалларын ыйда. Аны Уһук Хоту баар улуустар олохтоохторо оҕолорун соҕуруу сынньата ыыталларыгар, төрөппүттэриттэн туспа бараллара көҥүллэммэт буолбута сыыһа.
Ойуур хаһаайыстыбатын идэлээх сойууһун бэрэссэдээтэлэ Владимир Сосин өрөспүүбүлүкэҕэ 500-чэкэ лесник 25 тыһ. солк. хамнастаахтарын, ханнык да бырагыраамаларга хапсыбаттарын, улахан аҥардара олорор дьиэлэрэ суоҕун иһитиннэрдэ.
Култуура эйгэтин идэлээх сойуустарын бэрэссэдээтэлэ Анастасия Самсонова тыа сиригэр үлэлиир култуура үлэһиттэрин өйүүрү, култуура туһунан сокуоҥҥа уларытыылары киллэрэри туруоруста. Ону тэҥэ, үөрэх эйгэтин бэрэстэбиитэллэрэ тыа сиригэр учууталлар оҕо ахсаанынан хамнас аахсалларын сыыһанан аахтылар.
Бу боппуруостарга Ил Дархан бэйэтэ уонна миниистирдэр быһаччы хоруйдаатылар. Ити курдук былаас уорганнара уонна идэлээх сойуустар бэрэстэбиитэллэрэ баар кыһалҕалары ырытыһан, бииргэ үлэлиир былааннарын торумнаатылар.
Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru