Сунтаар улууһа: Үлэ сылыгар үлэ дьонун өрө тутуохха
Биһиги өрөспүүбүлүкэбит Ил Дархан быйылгы сылы Үлэ сылынан биллэрбитэ. Онон быйыл хаһааҥҥытааҕар да элбэх үлэ барара биллэр. Ону сэргэ дьон үлэтэ сыаналанан, араас бочуокка-аакка тиксиэхтэрэ. Үлэһит киһи сынньыаныахтаах, сөптөөх усулуобуйа киниэхэ тэриллиэхтээх.
Сунтаарга бу сылга бары үлэ салааларыгар туох-ханнык былааннаахтарын торумнаан, быйылгы сылы хайдах быһыылаахтык тэринэн ыытарбытыгар анал хамыыһыйа тэриллэн үлэтин саҕалаата. Ол курдук, улуус баһылыга Анатолий Григорьев бэрэссэдээтэллээх хамыыһыйа бастакы, иккис тэрээһин мунньахтарыгар тэрилтэлэр бэрэстэбиитэллэрэ сылдьан үлэлэрин былаанын билиһиннэрдилэр.
Холобур, быйыл Дьарыктаах буолуу киинэ хаһааҥҥытааҕар да элбэх дьону үлэнэн хааччыйарга үлэлиэхтээхтэрэ ыйылынна. Манна улуустааҕы Дьарыктаах буолуу киинэ бэйэтэ эмиэ анал бырагыраамаларынан үлэлиирин таһынан, улууспутугар ханнык тэрилтэлэргэ вакансия тахсарынан дьону үлэнэн хааччыйыыга үлэлэһэргэ бэлэмнэрин эттилэр. Бу сотору кэминэн “Тыа ыччатын — бырамыысыланнаска” диэн ыҥырыынан биһиги улууспутугар АЛРОСА хампаанньата үлэ дьаарбаҥкатын ыытарын былааннаан олороллорун туһунан киин дириэктэрэ Александр Николаев иһитиннэрдэ.
С.Г.Кривошапкин аатынан дьиэ кэргэҥҥэ оҕону иитиигэ көмөнү оҥорор Сунтаардааҕы киинин сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолордоох ыалы кытары үлэлэһэр профилактика отделын салайааччыта Альбина Прокопьева ааспыт үйэҕэ биһиги улууспутугар үлэни өрө туппут дьоммут холобурдарын үүнэр көлүөнэҕэ билиһиннэрэр сыаллаах суруйуулары, биэриилэри тиһигин быспакка улууспут хаһыатыгар, тэлэбиидэнньэҕэ сырдатарбыт наада диэтэ. Онон улууспут хаһыатыгар үлэһит дьон быйыл хаһааҥҥытааҕар да элбэхтик сырдыырыгар улуус бары нэһилиэктэрэ көмө буолалларыгар эрэнэбит.
Оҕону кыра сааһыттан үлэҕэ сыһыаран такайыыга, иитиигэ, идэни сөпкө таларыгар профориентационнай үлэни оскуола үрдүкү кылааһын үөрэнээччилэригэр тиһигин быстапка ыытар диэн буолла. Улуустааҕы үөрэх управлениетын начаалынньыгын солбуйааччы Борис Васильев манна үлэ барарыгар былаан оҥоһуллубутун, сайыҥҥы өртүгэр ханнык лааҕырдар аһыллан үлэлиэхтээхтэрин иһитиннэрдэ. Манна даҕатан эттэххэ, Арассыыйаҕа Педагог уонна Аҕа Сүбэһит сыла биллэриллэн, бу икки сылы холбуу тутан араас тэрээһиннэр, хамсааһыннар барыахтара.
Үлэлиир киһи сынньаныахтаах, сөбүгэр чиэстэниэхтээх, бочуоттаныахтаах.
Ол курдук, улуустааҕы профсоюзтар манна үлэлэһэн, үлэ дьонун чэпчэтиилээх путевканан санаторийдарга ыытан сынньатарга, чэбдигирдэргэ үлэни күүскэ ыытыллара ыйылынна.
Мантан да элбэх санаалар, этиилэр киирдилэр.
Манна даҕатан эттэххэ, өссө 2017 сыллаахха биһиги улууспутугар Тыа сирин үлэһит дьонун сыла биллэриллэн үгүс үлэ барбыта. Идэлэринэн араас куоҥкурустар, күрэстэр, субуотунньуктар, үлэ кэллэктииптэрин икки ардыларыгар спартакиада о.д.а. тиһигин быспакка ыытыллыбыттара. Онон быйылгы сылга бу ааспыт өртүгэр ыытыллыбыт тэрээһиннэрбитин сөргүтэн, маннык күрэстэри, тэрээһиннэри ыытар сөп этэ.
Подробнее: https://ulus.media/article/88068